Share СЫРДАТ — сахалыы подкаст
Share to email
Share to Facebook
Share to X
🎙Мистика уонна шаманизм, революционнай майгы Ойуунускай кыһыл ойуунугар төһө сэргэстэһэллэрий? Кыһыл ойуун сыала-соруга туохханый? Николай Заболоцкай айымньыныны дьон хайдах сыаналаабытын кэпсиир. Туох түмүккэ кэлэрий?
«Сырдат» подкаст научнай ыстатыйалары ааҕар «Хаамабын, истэбин, сайдабын» рубриката Научнай библиотеканы @nb_svfu кытары бииргэ оҥоһулунна.
🎙Мэйиини тугунан аһатабытый? Күрэхтэһии тугу сайыннарарый? Биир кэлим эксээмэн туһата туохханый? Билиминэн дьарыктанар оҕо туох кыахтаах буоларый? Элбэх тылланыы үтүөтүн уонна киһи сайдыытын туһунан СӨ Билим дьоҕус акадьыамыйатын ректора Василий Павлов сэһэргээтэ.
Проект Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култууратын институтун кытары бииргэ оҥоһулунна. Тахсар күнэ – оптуорунньук.
🎙Саха фольклористикатыгар саҥа ньыма, ураты чинчийии туһунан кэпсэтии. Олоҥхо мифологиятыгар саха мындыр билиитэ, айылҕа сокуоннара көстөр дуо?Архетипическэй, эмпирическэй ньымалары туттуу. Знак, символ, код олоҥхоҕо көстүүтэ. Бүдүмүк өй-санаа диэн тугу этэбитий?
🎙 Саха литературата 1905 сыллаах революционнай охсуhууттан сиэттэрэн сайдыбыта, ол иннинэ биир эмэ айымньы хам-түм бэчээттэммит эбит.
Бу ыстатыйаҕа Николай Заболоцкай саамай бастакы сахалыы суруллубут «Ахтыылар» диэн Афанасий Уваровскай художественнай кинигэтин туhунан ырыппыт.
Проект Эдэр чинчийээччи сылыгар аналлаах, научнай ыстатыйалары ааҕар «Хаамабын, истэбин, сайдабын» рубриката Научнай библиотеканы @nb_svfu кытары бииргэ оҥоһулунна.
Бүгүн интеллектуальнай толкуй таһыма хайдаҕый? Литература биһиэхэ баар дуо? Суруналыыстыкаҕа бастакы хардыы, литератураны киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга телевидение туох үлэни ыытыахтааҕын уонна саха омук талаанын туһунан тыл билимин хандьыдаата, суруналыыс Евдокия Избекова кэпсээтэ. Биэриини университет 4 кууруһун устудьуона Игорь Данилов ыытар
🎙 Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону, оһуохайы толоруу таһыма хайдаҕый? Олоҥхо ыһыахтарын тэрийии, ыытыы сыала-соруга туохха сытарый? Норуот тылынан уус-уран айымньы жанрдарын аныгы кэмҥэ туругун туhунан учуутал уонна билим салайааччыта Василий Илларионов кэпсиир. Биэриини университет 4 кууруһун устудьуона Игорь Данилов ыытар.
🎙 Тылга тапталы туох иҥэрэрий? Хоһоон хайдах үөскүүрүй? Айар эйгэҕэ хайдах киириэххэ сөбүй? Дьахталлар поэзияларын уонна «Уйгур» сэһэн туһунан СӨ норуодунай суруйааччыта Наталья Михалёва – Сайа, ХИБҮ бэрэпиэссэрэ Варвара Окорокова сырдаттылар. Биэриини университет 4 кууруһун устудьуона Игорь Данилов ыытар.
🎙 Эдэр ыччат сахалыы тылы билиитэ хас быраһыан эбитий? Ордук ханнык эйгэҕэ саха тыла туттуллубатый? Кыра оҕолор сахалыы саҥарбат буоллулар, ону хайдах быһаарабытый? Дьиэ кэргэн, үөрэх эйгэтэ тылга дьайыыта хайдаҕын туhунан ХИБҮ «Арктика тылларын экологията» норуоттар икки ардыларынааҕы билим-чинчийэр лабораториятын уонна АБА СС гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтүн научнай үлэһитэ Нина Иванова сырдатта. Биэриини университет 4 кууруһун устудьуона Игорь Данилов ыытар.
🎙Билиҥҥи саха бэйэтин омук быһыытынан билинэригэр туох көмөлүүрүй? Бүгүн бу бырассыас хайдах барарый? Киһи ис туругар туох уларыйыы буола турарын уонна культурнай глобализация туһунан историческай факультет доцена Айтал Яковлев сырдатар. Биэриини ыытар университет 4 кууруһун устудьуона Игорь Данилов.
🎙Кылаастар утарыта турсуулара, оробуочайдар охсуһуулара, солобуода, эрэбэлииссийэ, эрэспиибиликэ диэн айдааннар Европаҕа тоҕо тэнийбиттэрий? Атаҕастаммыт, баттаммыт кыра-хара норуот чахчыта да кыһалҕаҕа кыһарыйтаран охсуһууга туруммутун Өксөкүлээх Өлөксөй өйдөөн көрбүт. Бүгүн Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бэрэпиэссэрин Варвара Окорокова «Өксөкүлээх Өлөксөй – саха нострадамуһа» ыстатыйатын кытта билсиэхпит.
The podcast currently has 54 episodes available.